ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чигди

аат тыл

Нууччалыы утоптанный, затвердевший снег

аат тыл

Элбэхтик тэпсиллэн кытааппыт хаар (хол., тэлгэһэҕэ)

Нууччалыы Утоптанный, затвердевший снег

  • Мууһуран хаалбыт чигдини тоҕута тэптэрэн, аттаах этэрээттэр ааһаллар.
    Эрилик Эристиин
  • Соня атаҕын тыаһа тоҥ суол чигдитигэр куучургуура.
    М. Доҕордуурап
  • Арай дьон кэлэн хаары кэһэн чигди оҥорбут суоллара баар
    Ф. Захаров
Өссө холобурдар (5)
  • Кыһын хаара күрдьүллүбүт, тэпсиллибит тэлгэһэ, тиэргэн. Θ Утоптанный или очищенный от снега зимний двор. Ытым ыал чигдитигэр ыстанан киирэр да, соһумардык үрэн ньаргыйа түһэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Киэҥник күрдьүллүбүт чигдигэ хас да таһаҕас тиэллибит оҕус, ат сыарҕалара тураллар.
    Болот Боотур
  • Оһох кыыма кытыастан олорор, мэктиэтигэр чигди иһэ кытта сырдаан көстөр буолбут.
    Р. Кулаковский
  • Күрдьүллүбүт чигдигэ атахтарын тыаһа чоочугураһан оҕонньотторум тэлгэһэҕэ кэллилэр.
    Н. Борисов
  • Ср. бур. жэгдэлхэ ʽнакатать дорогуʼ

«Ч» буукуба