ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чолоҥноо

туохтуур

Нууччалыы периодически исчезая, показываться поверх чего-л

1 туохтуур #

дьүһ. туохт

  • Оҕонньор хаста да тураары чомпойдоох кэтэҕэ чолоҥноон көрөн баран, кыайан турбакка, хат нусхайан сытан барда.
    Эрилик Эристиин
  • Туйаарыма Куо үрдүнэн муннук устун эриэн кыыл чолоҥнуу-чолоҥнуу, таҥнары уунаҕалыыр.
    Суорун Омоллоон
  • Кытыы устун сэппэҥнэтэн иһэн, ата эмискэ ууга түһэн, төбөтө эрэ чолоҥнуу сыппыта
    Н. Босиков

2 туохтуур #

Сүтэн ыла-ыла, туох эмэ үрдүнэн чоройон көһүн, күөрэҥнээ

Нууччалыы Периодически исчезая, показываться поверх чего-л

3 туохтуур #

сөбүлээб. Дьонтон эрэ барытыттан аһара сытыырхай, дьорҕоотур, барытыгар эн буол

Нууччалыы Вести себя слишком бойко, смело, сильно активничать, выставляться

  • Эн, эмээхсин, уолгун буойдаххына сатанар. Олус чолоҥнооботун. Софр. Данилов. Кини бэркэ чолоҥноон эрэр, биирдэ эмэ кырыы сиргэ көрсөрүм буоллар, чолоҥнуурун тохтотуо этим.
    Н. Якутскай
  • [Хобороос:] Бэйи, олус чолоҥноомоҥ. Эһигини да көрөн иһиэхпит
    С. Ефремов

«Ч» буукуба