ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чомполоо

Нууччалыы быть, находиться долго в воде, делая что-л

1 #

Тугу эмэ гынан ууну элбэхтик кэс, ууга сырыт

Нууччалыы Быть, находиться долго в воде, делая что-л

  • чомполон диэн курдук. Кини кытыы диэки харбаан чомполообута.
    И. Федосеев
  • Үчүгэй үрэҕэ аттыларынан мээнэҕэ сөп-сөрүүнүнэн мөлбөйө сүүрбэтэҕэ: онно эдэр отчуттар сөтүөлээн чомполууллара.
    Н. Заболоцкай
  • [Кус оҕото] киэһэ-сарсыарда суунан чомполуур, харбыы-умса үөрэнэр, кынат үүннэринэр. Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (3)
  • Оччоҕо элгээни чомполуу, Наар тоҕо мундуну бултуугун?
    Р. Баҕатаайыскай
  • Тайҕа үрэхтэрин уһаты-туора чомполоон баран, сайын дойдутугар, дьиэтигэр кэлэн кустуура – үөрүүтэ диэн ол эрэ этэ.
    В. Гаврильева
  • Чугастааҕы алаастар балыктаах буолуо диэбит күөллэрин барытын чомполообуттара.
    БИ

2 #

Дэлэйдик ыһа-тоҕо астаа-үөллээ, аһаа-сиэ

Нууччалыы Приготовлять пищу, есть-пить много, обильно, щедро

  • Хонооһой оҕонньор арыытын остуолга таммалата-таммалата алаадьылаах чэйи иһэн чомполуу олордо.
    Күндэ
  • Сүөдэр биир алаадьыны тэһэ анньан, миискэлээх арыыга чомполуур уонна айаҕын оҥоччу атаат, "ам" гынар.
    В. Сыромятников
  • Бу кунан кэриэтэ, били сибиинньэлэргититтэн өлөрөн быс да сыа, бас да арыы гынан чомполуо этигит буоллаҕа.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Онтон сааппар остуолларга тардылынна баай аһым, Онно тахсан чомполоото бары дьүөгэм-атаһым. Ш. Руставели (тылб.)

«Ч» буукуба