Перевод с якутского
чорбой
туохтуур
Нууччалыы быть вытянутым вперёд, оттопыриваться
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
дьүһ. туохт
Кэлтэччи тарааммыт бэрт чачархай баттаҕа бураллыбыт, суптугур уоһа ордук чорбойбукка дылы буолбут. Л. Попов Тыллыырап тугун-ханныгын кыайан быһааран өйдөөбөккө, хараҕын сүүрэлэҥнэттэ, ачыкытын өрүтэ анньымахтаата, уоһа чорбойдо. Софр. Данилов. Уу дорҕоон артикуляцията: уоспут чорбойор, тыл төбөтө аллараа илин тиистэртэн кэннин диэки тэйэр ПЯГ АСОДИ
2 туохтуур #
Иннин диэки үтэн тахсыбыт буол (уоһу этэргэ)
Нууччалыы Быть вытянутым вперёд, оттопыриваться (о губах)
3 туохтуур #
ан эмэ чороччу быган көһүн (улахана суох тугу эмэ этэргэ)
Нууччалыы Выступать, выпирать откуда-л., выдаваться из чего-л., торчать (о чём-л. небольшом). [Эмээхсин] таныытын аннынан ыт эмиийин саҕа чорбойо сылдьар үөннээх
Аан эргэрэн тырыттыбыт бүрүөтүн харбыалаата, туох эрэ чорбойон турарыттан ылла уонна ааны эрчимнээхтик аһа баттаата. Н. Заболоцкай [Оҕус тарбыйах] саҥа чорбойон эрэр өҥүргэс муостарын икки ардынааҕы сүүһүн түүтэ будьуруйа эриллэн тахсыбыт. С. Маисов От үрдүгэр чорооҕу кыратык – тутум саҕа чорбойор гына анньыллар ПАЕ УуАХО
4 туохтуур #
Туохха эмэ көрдөрүү түмүгүнэн барыларыттан ордук буол, тугунан эмэ атыттартан ордон таҕыс
Нууччалыы Выделяться, отличаться от остальных по каким-л. показателям, признакам
Син бэйэм кэммэр дьон тэҥинэн үлэлээн кэллим. Дьонтон хаалбакка, чорбойбокко.
Н. ЛугиновКини сыл ахсын үөрэххэ улаханнык чорбойон, уһулуччу дьоҕурдааҕын көрдөрөн испитэ. П. Филиппов Уопут, маастарыстыба уонна тустар кылаас өттүнэн бэйэтин биир дойдулаахтарыттан биллэрдик чорбойоро. КИС АаДЧ. Мин хара маҥнайгыттан хайа баҕарар сорудаҕы чуолкайдык, ыраастык толорорбунан чорбойбутум ХС
5 туохтуур #
Туох эмэ кэннэ орт, ордон хаал
Нууччалыы Оказаться в наличии, оставаться в излишке
Билигин чорбойор көлөбүт да, киһибит да суох. Д. Таас [Уолбут] улаханы туһалаабат, хата туох эмэ чорбойуох буоллаҕына ылыа эбит да, оҕонньоруҥ киниэхэ чорботон бэрт. М. Попов Эр киһи туох эмэ чорбойдоҕуна сонно тута мэлитэн иһэрэ В. Титов
Өссө холобурдар (4)
Аһара бар, хастан эрэ ордон таҕыс (ахсааны этэргэ). Θ Перевалить, перейти за сколько-л., превысить (о количестве). – Эн биригээдэҥ төһөнү кэртэ? – Миэхэ үстүү-түөртүү саһааннааҕым, түөрт сүүстэн чорбойдо М. Доҕордуурап Баар буол, орт (бириэмэни этэргэ). Θ Сохраняться, оставаться (о времени). Бириэмэ чорбойдоҕуна кэлин мунньах сыҕарымыгар таарыйан ааһыахпыт. И. Никифоров [Пиэрмэ үлэһиттэрэ] бэйэлэрин тустаах үлэлэриттэн чорбойор бириэмэлэригэр -- оттууллар. ХС Ср. казах. шор ʽжелвакʼ, кирг. чорбой ʽторчатьʼ, чормой ʽбыть толстогубымʼ, монг. цорвойх ʽоттопыривать губыʼ