Перевод с якутского
чохчоҥноо
чохчой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Хаһан да сэрээккэлээбэтэх бэйэм, бэл гимнастары үтүктэн чохчоҥноон, тэбиэлэнэн ыллым. Е. Неймохов Чөрөҥөлүү сүүрэ сылдьан, Чөкчөҥө чохчоҥноото, Төрүкү аччык буолан, Төбөтө чороҥноото. В. Чиряев Сүүрэн-көтөн, эттэрин-сииннэрин ититэн, хамаанданан уҥа-хаҥас мускуллан, чохчоҥноон сэрээккэ оҥордулар. "ХС"