Перевод с якутского
чочоҥолоо
чочой диэнтэн б. тэҥ. көстүү. Таня иннинэн киргил биэрэҥнээн ааһан иһэн, чугас тииккэ түһэн, кэтэҕэ чочоҥолоон, тоҥсуйан табыгыраппытынан барда. М. Доҕордуурап Биригэдьиирдэрэ харса суох хааман, титииктэн уопсайдар диэки чочоҥолуу турда. У. Нуолур Холкуос бэрэссэдээтэлэ, улаҕаҕа олорон ойон туран, дьону үрдүнэн ууна-ууна харандааһынан чочоҥолоото. С. Васильев