ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чуолҕан

аат тыл

Нууччалыы маленькое окошко

1 аат тыл #

Кыра хайаҕас, түннүк

Нууччалыы Маленькое окошко

  • Дьону үлэҕэ ылар хонтуора кыракый чуолҕан түннүгэ аһыллар.
    Н. Якутскай
  • Сорох ларыактар чуолҕаннара сабылыннылар.
    Болот Боотур
  • Ас биэрэр чуолҕаҥҥа тиийэн уочаракка турбута.
    ДФС КК

2 аат тыл #

Чараас тимири үүттүүргэ аналлаах араас кээмэйдээх кыра хайаҕастардаах уһун ньолбуһах тимир

Нууччалыы Железный инструмент овальной формы с дырками различного диаметра, используемый для пробивания железных пластин

  • Былыргы эһэм бокуонньук уһанар сэбин тобоҕо: биир күөрт, кыстык, чуолҕан, ыһыы кэлтэгэйэ ордо сылдьыбыттарын ылла
    Күннүк Уурастыырап

3 аат тыл #

байыан. Сэрии уотуттан хорҕойор ханнык эмэ тутууга (хол., кириэппэскэ) өстөөҕү ытыалыырга анаан оҥоһуллубут кыра хайаҕастар

Нууччалыы Отверстие для стрельбы изнутри, амбразура

  • Генерал ытааччылара хайыы үйэ оннуларын булан, чуолҕаннарынан дьэбиннээх саа уостара хороҥнуур этилэр.
    Эрилик Эристиин
  • Ол кириэппэстэрэ -- хас да башнялааҕа, олор бары ытыалыырга анаммыт чуолҕаннардаахтара. БИГ ӨҮө
    С. Ср
  • п. -монг. чолҕун ʽпрорубьʼ

«Ч» буукуба