ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чуулаан

аат тыл

Нууччалыы помещение для хранения пищевых продуктов или других вещей, кладовка, чулан. [Сүөкүлэ (чуулааҥҥа киирэн, былаакка сууламмыты таһаарар):] Уйбаанабына, си-кураанах барыахтааҕар, маны илдьэ бар

1 аат тыл #

Аһылыгы эбэтэр араас малы-салы уурарга аналлаах кыра хоспох

Нууччалыы Помещение для хранения пищевых продуктов или других вещей, кладовка, чулан. [Сүөкүлэ (чуулааҥҥа киирэн, былаакка сууламмыты таһаарар):] Уйбаанабына, си-кураанах барыахтааҕар, маны илдьэ бар

  • Үс мас баҕана бүтэйдээх, иннигэр күүлэлээх, ойоҕоһугар чуулааннаах саҥатык дьиэҕэ тиийэн кэллибит.
    Амма Аччыгыйа
  • "Тоойуом, -- чэйи тэрий. Ас чуулааҥҥа баар, ону киллэр"
    Н. Якутскай

2 аат тыл #

Былыргы сахалыы ампаар дьиэҕэ кыра утуйар хос; хаппахчы

Нууччалыы В старину: небольшая огороженная спальня в жилом доме, сложенном из брёвен

  • Абааһы киһитэ, кыыс сытар үрүө чуулаанын үрдүн үрэйэ охсон кэбиһэн баран, Үрүҥ Уйантай Куону -- илдьэ баран хаалбыт.
    Эрилик Эристиин
  • Муннукка чуулаан хос аана көстөр.
    С. Ефремов
  • Кирилэ үлэтиттэн кэлээт, чуулааныгар ааста
    В. Ойуурускай

«Ч» буукуба