Перевод с якутского
чуҥкунаа
туохтуур
Нууччалыы издавать тонкий и протяжный звон
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Хаһыыларын дуораана ой дуораана буолан чуҥкунаан -- ыраах дуораһыйа турар.
Суорун ОмоллоонӨтүйэтин тыаһа чуҥкунуурун истэн сонньуйбутум. И. Гоголев Пуойас обургу Чугуун орох ортотунан Чуҥкунуу-чуҥкунуу дьулуйда С. Васильев
2 туохтуур #
Хатан, унаархай, уһун тыаһы таһаар
Нууччалыы Издавать тонкий и протяжный звон
3 туохтуур #
Кулгааҕыҥ чуҥкунас буолуор диэри чуумпур (кулгааххар хатан тыас иһиллэрин курдук)
Нууччалыы Звенеть в ушах (от полной тишины, безмолвия)
Киһи-сүөһү биллибэт, чуҥкунуур чуумпу. А. Фёдоров Дьиэ иһэ сахсырҕа көтөрө да иһиллиэх курдук чуҥкунуу чуумпурда. Идэлги. Тула тугу эрэ чуҥнаабыт курдук, кулгаах чуҥкунуур уу-чуумпу. ХС Ср. ДТС чуҥ ʽколоколʼ, йаҥхула ʽзвучать, издавать звукиʼ