Перевод с якутского
чырып
аат тыл
Нууччалыы подражание чириканию птички
1 #
тыаһы үт. т. Чыычаах саҥатын үтүктүү
Нууччалыы Подражание чириканию птички
Сайыҥҥы чэмэлийэ тыгар күн, -- эккэлии көрсүбүт -- Моойторук, -- "чырып" дии-дии түөрэҥэлии олорор сылгы чыычааҕа – бары кинини кытта бииргэ үөрсүбүт курдук этилэр. Н. Якутскай [Кеша] мутук сыыһын ылаары илиитин көтөҕөн эрдэҕинэ, чыычааҕа "чырып" диэт, көтөн хаалла. Н. Заболоцкай [Сылгы чыычааҕа] "чырып-чырып" дии-дии, үөһэ-аллара ыһыллаҥныы көтөрө И. Федосеев
2 аат тыл #
Чөкчөҥө арааһа: бэрт кыра, хонуу күөрэгэйин саҕа; көхсө күкээркэй, түөһэ ыыс-араҕас, кыната хара; уу үөнүнэн аһылыктанар
Нууччалыы Один из видов куликов: плавунчик круглоносый. – Тоойуом, ити кустар буолбатах
Ити кустар бэриэччиттэрэ – хоҥор чырыптар. И. Левин Чырып уу отун быыһынан хайа баҕарар устар, кураанах сиргэ таҕыстаҕына, от курдук синньигэс атаҕынан түргэнник сүүрэр. ПН