ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чыыска

аат тыл

Нууччалыы забор из прутьев, вертикально укреплённых переплётом между тремя горизонтальными жердями, частокол

I

1 аат тыл #

Титириги эбэтэр талаҕы үс сиэрдийэҕэ туруору хатыйан тутуллубут бүтэй

Нууччалыы Забор из прутьев, вертикально укреплённых переплётом между тремя горизонтальными жердями, частокол

  • Титириги хатыйан, чыыска сомуоһуналары, сарайдары, хаһаалары тутуталаан дьырылатан-дыргытан кэбис.
    Күннүк Уурастыырап
  • [Оҕурсуга уу куталлар]. Ася чыыска уҥуор кэлэн эттэ: "Кеша, уубут тиийбэтэ".
    Н. Габышев
  • Анньыллыбыт тоһоҕолорго саҥа быһыллыбыт талаҕынан хатыйа күрүө (чыыска) оҥоһуллар.
    МНА ФГ
II

2 аат тыл #

, истор. Сэбиэскэй кэмҥэ хомуньуус баартыйа кэккэтиттэн ханнык эмэ өттүнэн сөп түбэспэт, холооннооҕо суох диэбит киһилэрин туоратар, баартыйаттан таһаарар бэлиитикэ

Нууччалыы Политика устранения из рядов коммунистической партии лиц, по каким-л. критериям признанных недостойными, чистка (советского аппарата). [Новгородов] баартыйа чыыскатын туох да сэмэтэ суох ааһар

  • Быйыл, кулун тутар ыйга, чыыска барбытыгар алта киһини устан кэбиспиттэрэ.
    Г. Попов
  • Кинини хаайбыт буруйдаахтары, ким да буоллаллар, суукка уонна чыыскаҕа түбэһиннэриэххэ. ЛТ
    К. Русск
  • чистка

«Ч» буукуба