Перевод с якутского
чыҥырҕаа
туохтуур
Нууччалыы издавать короткие, звонкие, повторяющиеся звуки (напр
1 туохтуур #
тыаһы үт. туохт
Кыһа төлөнө кыырыктыйбыт, Кыстык тыаһа чыҥкынаабыт, Тимир тимиргэ чыҥырҕаабыт.
П. ОйуунускайЧаҥырҕаан-чыҥырҕаан өтүйэ чабыйда, Чаһыыран-иһиирэн игиитэ иэрийдэ. Таллан Бүрэ. Уус дьиэтигэр бүгүн эмиэ кыһа уота кытыастар, -- кыстык-балта тыаһа чыҥыргыыр Кыым
2 туохтуур #
Кылгас-кылгас хатан, төһө эмэ кэм буола-буола хатыланар тыаһы таһаар (хол., тимири тимиргэ охсон)
Нууччалыы Издавать короткие, звонкие, повторяющиеся звуки (напр., ударяя железным предметом о железо), дзинькать
3 туохтуур #
Олус кытаанах, хатан буол (куолаһы этэргэ)
Нууччалыы Быть очень жёстким, твёрдым, звонким (о голосе). [Силипиэн] куолаһа кытаатан, тимирдии чыҥырҕаан ыларга дылы
Кини куолаһа доҕотторугар, тимири тимиргэ охсон эрэрдии, хатаннык чыҥырҕаан -- суостаахтык иһилиннэ. Г. Нынныров [Кини] хас тыла барыта балта курдук чыҥыргыыра. М. Рид Ср. туркм. жыҥҥырдамак ʽзвенеть, звонитьʼ