Перевод с якутского
чэбдик
даҕааһын
Нууччалыы здоровый
English healthy
1 даҕааһын #
Нууччалыы здоровый
English healthy
чэбдик бэйэҕэ чэбдик өй-санаа в здоровом теле здоровый духa sound mind in a sound body, mens sana in corpore sano
2 даҕааһын #
Өлүөр, ыарыһаҕа суох, доруобай
Нууччалыы Здоровый, не больной
Валентина Васильевна К., эдэр, чэбдик, кырасыабай дьахтар, балыыһа балаататыгар биирдэ өйдөммүт. Амма Аччыгыйа Сэттэ уоҥҥун да туолларгын, Сэргэх, чэбдик буолаҥҥын, -- Элбэх сылга истииктэргин Үлүһүйэн ай, уһан. Күннүк Уурастыырап Катерина Ивановна чэбдик, көрдөөх, омуннаах, элбэх тыллаах алта уончалаах дьахтар этэ. Л. Толстой (тылб.)
Өссө холобурдар (6)
Тэтэркэй, чэгиэн (көрүҥнээх). Θ Здоровый, румяный (о внешности). [Кыыс] оҕолуу чэбдик уостарын ньимиччи туттан, килбиктик мичээрдээн ааһа турда. Амма Аччыгыйа [Кыргыттар] иккиэн маарыннаһар, сабыс-саҥа, халлаан күөҕэ былааччыйаламмыттар – чэбдиктэр, тэтэркэйдэр, бэһиэлэйдэр. Л. Толстой (тылб.) Сөрүүн, ыраас (салгыны этэргэ). Θ Прохладный, свежий, не спёртый (о воздухе). – Ларьяна, чэбдик салгыны сии таарыйа Сэргэлээх даачатын диэки бара сылдьыахха диэн этиилээхпин, хайдаҕый? – Лев кэккэлэһэ олорон баран ыйытта. Р. Баҕатаайыскай Өлөксөй оҕонньор, таһырдьа чэбдик салгыҥҥа тахсан, -- сүһүөҕэ босхо баран тэмтэриҥнээтэ. П. Аввакумов Сайаҕас чэбдик салгыннаах Кыһыҥҥы күннэр үүннүлэр. С. Данилов Ср. монг. себдег ʽоледенелыйʼ