ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чэгиэн

даҕааһын

Нууччалыы не больной, здоровый

1 даҕааһын #

даҕ

  • Өрүү эдэр, чэгиэн буол! Өһөр, кырдьар куһаҕан!
    С. Данилов
  • Сааһым тухары ыалдьа иликпин, билигин да чэгиэммин
    И. Данилов
  • Эт-хаан өттүнэн сайдыылаах, кытаанах, доруобай. Θ Физически крепкий, здоровый. [Үүйэ] сарапаана этигэр сыстан, кыыс эдэр-чэгиэн быһыыта, боруонса курдук, кутуллан тахсыбыт этэ.
    Л. Попов
Өссө холобурдар (4)
  • Айааным этэ-сиинэ чэгиэн, төрөлкөй киһи.
    Н. Кондаков
  • Киһим алта уончатыттан аастар да, бэрт чэгиэн көрүҥнээх, туттара-хаптара да сып курдук
    Күрүлгэн
  • Ханнык да алдьаныыта, буорту буолуута суох (хол., мас этин этэргэ). Θ Без каких-л. изъянов, свежий (напр., о древесине). Булчут эбээн мааман чэгиэн муоһун булан, ол муоһунан Владимир Ильич бюһун чочуйан оҥорор. Софр. Данилов. Сэргэ буолуон иннинэ кини, мас киэнэ көнөтө, киилэ, чэгиэнэ тиит, оол-ол тумул тыаҕа үүнэн турбута.
    Н. Лугинов
  • Мас чэгиэнэ, киилэ даҕаны эмэхсийэр баҕайыта
    С. Федотов

2 даҕааһын #

Ыарытыйбат, кытаанах доруобуйалаах

Нууччалыы Не больной, здоровый

3 даҕааһын #

Ыраас, кэһиэҕэ суох (куолаһы этэргэ)

Нууччалыы Чистый, не хриплый (о голосе)

  • Ким эрэ чэгиэн, ып-ыраас куолаһа: "Ыччаа-ычча, хата, бу киһи кэлэн уот оттубут!" – диэн саҥарбыта.
    Н. Заболоцкай
  • Настаа Слепцова -- чэгиэн чөллөркөй куолаһынан ыллаан доллоһутта.
    Н. Габышев
  • Ср. др. -тюрк. йег ʽхорошийʼ

«Ч» буукуба