ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чэпчээ

туохтуур

Нууччалыы становиться легче, терять в весе

Ис хоһооно · 6

1 туохтуур #

Ыйааһыныҥ уруккугунааҕар чэпчэки буол (хол., сорох малы бэйэҕиттэн түһэрэн)

Нууччалыы Становиться легче, терять в весе

  • Тыылара буоллаҕына, мэктиэтигэр, ыйааһына чэпчээн, туос тордуйаны ыыппыт курдук, ньалбыҥныы-ньалбыҥныы, икки өттүнэн хардары-таары ууну баһыталаата.
    Эрилик Эристиин
  • Таһаҕаһа чэпчээтэҕинэ, [атын] дьэ мииниэҕэ.
    МДН КК

2 туохтуур #

Тугу эмэ оҥорорго, толорорго ыарахана, уустуга суох буол

Нууччалыы Становиться проще, легче (о чём-л. – напр., о жизни)

  • Ол курдук олохпут чэпчээтэ, Олуга-хардыыта кэҥээтэ.
    И. Гоголев
  • Күн киирэн, сөрүүкээн, хаамарга чэпчии түспүтэ.
    В. Тарабукин
  • Оҕолор этии тутаах чилиэннэрин үчүгэйдик билэр буоллахтарына, синтаксиһы үөрэтии биллэрдик чэпчиир
    ННН СТМО

3 туохтуур #

Ыар-баттык оҥосто сылдьыбыт санааҥ-онооҥ быһаарыллан санаарҕаан бүт, үөр-көт

Нууччалыы Облегчать, изливать душу, избавляться от тягостных мыслей. [Марина:] Һуу!

  • а чэпчээтэхпин ньии… Санаам-оноом аастаҕа тоҕо үчүгэйэй!
    П. Ойуунускай
  • [Алааппыйа эмээхсин:] Кукаам, хоргутума! Ону-маны саҥардахпына, хайдах эрэ чэпчииргэ дылы буолабын
    ХС

4 туохтуур #

Атыыга барар сыанаҥ кыччаа, түс (табаары этэргэ)

Нууччалыы Становиться дешевле, уцениваться (напр., о выставленном на продажу товаре)

  • Харчы чэпчээн-чэпчээн баран, суолтатын сүтэрэн кэбиспитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Ас-таҥас дэлэйдин, сыана чэпчээтин.
    И. Находкин
  • Атыыга уонна ырыынакка тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатыгар сыана чэпчээтэҕинэ оройуон уопсастыбаннаһын уопсай үлэлэрин, кыһамньыларын түмүгүн курдук көстөрө.
    ПИО ТС

5 туохтуур #

Арыгы иһэн үөр-көт, холуочуй

Нууччалыы Слегка опьянев, повеселеть. [Арыгыһыт] Истэҕинэ эрэ чэпчиир, Буллаҕына эрэ уоскуйар, Амсайдаҕына эрэ аһыыр буолла

  • Бэйэтэ да чэпчээн олорор булчут, кураанахтаабыт арыгылаах куруускатын остуол кытыытыгар ууран, күлэн ымаҥныы-ымаҥныы, быһаарда.
    Н. Борисов
  • Арыгыһыт киһи испит, "чэпчээбит" кэмигэр төһө да бэйэтин сир үрдүгэр саамай дьоллооҕунан ааҕыммытын иһин, дьиҥэр, сору-муҥу эҥээринэн тэлэ сылдьааччынан буолар.
    ПДИ КК

6 туохтуур #

Уруккугунааҕар ордук, арыыйда үчүгэй туруктаах буол, үтүөрэн ис (доруобуйаны этэргэ)

Нууччалыы Становиться лучше, легче, пойти на улучшение, выздоровление (о здоровье). [Быраас] ыарыһах тэмпэрэтиирэтин кэмнии-кэмнии, ыарыы чэпчээн дуу, ыараан дуу иһэрин быһаарар

  • "Кыым". Ньукууну оройуон балыыһатыгар илдьибиттэрэ быданнаабыт. Арыыйда чэпчээбит курдук кэпсииллэр. А. Кривошапкин (тылб.)

«Ч» буукуба