ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

чэҥ

аат тыл

Нууччалыы обледенение, промерзание углов в доме от разницы наружной и внутренней температур, куржевина, иней

1 аат тыл #

Дьиэ эбэтэр хотон муннугар тымныыттан, үргүөртэн үөскээбит муус

Нууччалыы Обледенение, промерзание углов в доме от разницы наружной и внутренней температур, куржевина, иней

  • Биллэрик муннугунааҕы чэҥ көмүс өҥүн курдук чаҕылыйан көһүннэ.
    А. Софронов
  • Чочум буола-буола чэҥ буолбут хотон эбэтэр дьиэ аана аһыллан-сабыллан кыыкырдыыр.
    Д. Токоосоп
  • Тымныыттан дьиэбит иһэ бүтүннүү кырыа, чэҥ
    Н. Тобуруокап
Өссө холобурдар (3)
  • Хаамарга халтархай муус, килиэ. Θ Скользкий ледяной покров. Муус чэҥҥэ таба тирэммэккэ, тас иэмминэн лас гына тиэрэ таһылла түстүм.
    П. Ойуунускай
  • Витя кыайан уйуттубата, -- сытыйбыт инчэҕэй уллуҥ баҕайы чэҥтэн, мыыла курдук ньылбырыҥнаан, халты тэбиммитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Атым -- уу аннынааҕы чэҥтэн халтарыйан кэннинэн ньаачараҥныы-ньаачараҥныы дулҕаттан дулҕаҕа харбыалаһан тахсар
    А. Бэрияк

2 этии #

Чэҥ курдук түөлбэ. – тэтиэнэх, сэргэх соҕус Чэҥ курдук ээ, ити эмээхсин. НАГ ЯРФС II. Ср. ног. сенъ, казах. сеҥ ʽльдинаʼ

Нууччалыы Довольно бодрый

«Ч» буукуба