Перевод с якутского
чүмэчи
аат тыл
Нууччалыы палочка из жирового вещества с фитилём внутри, служащая источником для освещения, свеча
English candle
1 аат тыл #
Парафинтан (былыр кыыл сыатыттан) оҥоһуллар, иһигэр битииллээх, дьиэ иһин сырдатарга аналлаах уһун синньигэс оҥоһук (быһа холоон отучча сэнтимиэтир уһуннаах)
Нууччалыы Палочка из жирового вещества с фитилём внутри, служащая источником для освещения, свеча
Ыһыырынньык чүмэчи симириктии турар. Амма Аччыгыйа Кыраһыыҥҥа, чүмэчигэ холуйдахха, элэктэриичэстибэ уота барахсан, сандааран үчүгэй даҕаны. ДФС КК. Чүмэчи умайарыгар парафин умайан гаастыҥы бородуукталарга кубулуйар. КДМ Х
2 аат тыл #
Мотуор собуоттанарыгар наадалаах кыымы биэрэр икки электродтан турар дьоҕус оҥоһук
Нууччалыы Свеча внутреннего сгорания в транспорте (два электрода, между к-ми проскакивает воспламеняющая искра)
Охсор тыраахтарбыт пускааһын чүмэчитэ үнтү сытыйан, бу олоробут. Р. Кулаковскай Чүмэчитин уларытан, магнитотун суокканан ыраастаан биэрбитин эрэ кэннэ [мотуора] өрө бырылыы түстэ ХС
3 этии #
Нууччалыы Соловый (о масти лошади). [Сүөһү-сылгы дьүһүнэ] араҕас, чүмэчи араҕас, күдэн араҕас, сырдык араҕас, үрүҥ араҕас
Этиилэр
Чүмэчи араҕас
сырдык араҕас дьүһүннээх (сылгы өҥүн туһунан) НБФ-МУу СОБ.
Тымтык кугаһы сорохтор чүмэчи араҕас диэн эмиэ этээччилэр. ОМГ ЭСС
Чүмэчи от
алта уон-сүүс сүүрбэ сэнтимиэтир уһуннаах, умнаһын төбөтүгэр араҕас сибэккилээх, саамай үрдүкү сибэккитэ чүмэчигэ маарынныыр сүлүһүннээх үүнээйи.
Борец, аконит Кузнецова (название растения).
Чүмэчи от -- сүүс сүүрбэ сэнтимиэтиргэ тиийэр үрдүктээх элбэх сыллаах от үүнээйи. МАА ССКОЭҮү. Русск. свеча