Перевод с якутского
чүөмпэ
аат тыл
Нууччалыы небольшое, но очень глубокое озерцо; глубокая яма на дне реки, озера, омут
1 аат тыл #
Кыра соҕус эрээри олус дириҥ көлүйэ; үрэх, күөл түгэҕэр дириҥ оҥхой, дьаама
Нууччалыы Небольшое, но очень глубокое озерцо; глубокая яма на дне реки, озера, омут
Дэбин дүөрэ быыһыгар төгүрүк чүөмпэ көлүйэлэр хойуутук ыһыахтанан сыталлар. Амма Аччыгыйа [Үрэх] дириҥ чүөмпэтэ чөҥөрүйэ хараарар. ХС Дириҥ уулаах чүөмпэҕэ илимнэрбин илдьэн үтүөм Чолбон
2 аат тыл #
Киһи дууһатын, иэйиитин, санаатын дириҥэ, уустуга
Нууччалыы Глубина души, чувств, мыслей человека
Хас биирдии киһи кутун чүөмпэтигэр араас дьикти баар.
Н. ЛугиновКиһи дууһата – таайыллыбат таабырыннаах дириҥ чүөмпэ эбээт. М. Ефимов Алыптаах тыллар сүрэх чүөмпэтиттэн, үөрүүттэн, дуоһуйууттан төрүүллэр. БИ
3 этии #
Чүөмпэҕэ сүрэхтэммит кэпс. – толоон оҕото диэн курдук (көр толоон). Түүн төрүөбүт, түннүгүнэн тахсыбыт, чүөмпэҕэ сүрэхтэммит, чөҥөчөккө үҥпүт (өс хоһ.). Ср. башк. сөҥке ʽглубокий (о посуде)ʼ