ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыадаһын

  • ыадаһый диэнтэн бэй. туһ. Барыллыа сүүнэ улахан кынатынан ууну таһыйбахтаан баран, ыараханнык ыадастан үөһэ көтөн таҕыста.
    Н. Лугинов
  • Дабыыт Арамаанабыс, олоппос уйарҕаан хаачыгырыар диэри, туох баар ыйааһынынан ыга түһэн ыадастан олордо.
    В. Протодьяконов
  • Көтөр аал чуһуурбутунан өрө ыадастан тахсан көтө турда.
    ЭКС АА
Өссө холобурдар (3)
  • ыадай 2 диэн курдук. Ардах былыта арҕаа саҕахтан саба ыадастан таҕыста.
    П. Тобуруокап
  • Ааҥҥа сүр үлүгэр ыадастыбыт күлүүс дьиппиэрэ ыйанан турар буолара.
    Н. Заболоцкай
  • Баараҕай хайалар чыпчаалларыгар ыарахан уулаах былыт ыадастан турара чуолкайдык көстөрө. Н. Абыйчанин

«Ы» буукуба