Перевод с якутского
ыан
Нууччалыы от усыхания, сушки становиться крепче, прочнее (напр
1 #
ыа диэнтэн бэй., атын. туһ. Ыанан кэлбит Ыаҕаһынан үүттэри Араҕас арыы гына Астаан таһаарар Араас дьикти массыыналардаах эбиттэр. Саха фольк. Дунаай биир эрэ ынаҕа ыанар, үүт биэрэрэ биллибэт. Күндэ. Ынах төрүөн иннинэ ортотунан икки ый устата ыаммакка сынньатыллара хайаан даҕаны наада. ПНС ЫСҮө
2 #
Сиигэ-сүмэһинэ тардан, кууран-хатан кытаат, бөҕөргөө (хол., талах)
Нууччалыы От усыхания, сушки становиться крепче, прочнее (напр., тальник)
Айан суола уруккуттан уларыйбыт. От-мас ыаммыт. Н. Босиков Күһүн мас ыаммытын кэннэ үөл талаҕы үөстээн, олугун оҥо хастыҥ да, хотуур угун саҕа суоннаах маска олордоҕун. ПАЕ ОСС. Аһаах, аанньа ыамматах талаҕынан таҥыллыбыт олоппос куурдаҕына, муннуктара босхо бараллар. АЭ
3 #
Чэбдигирэр, эрчимирэр сыаллаах аһаабакка эбэтэр эрчиллэн ыйааһыҥҥын түһэрин
Нууччалыы Сгонять вес диетой или физическими нагрузками, чтобы быть крепче, выносливее
Ыһыахха тустуохтаах бөҕөстөр, атах оонньуутугар күрэс былдьаһыахтаах быһыйдар бэйэлэрэ эмиэ сэмээр ыаналлар. Айталын. Элик Бэргэн дьоно, бу киэһэ ыанабыт диэн ааттаан, аһаабакка эрэ утуйдулар. Г. Угаров Ат баалыннаҕына тупсар. Киһи ыаннаҕына эрчимирэр ХС