ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыга

сыһыат

Нууччалыы крепко, плотно

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

2 #

Туох эмэ туохха эмэ сыста, ыксары буоларын курдук гына (хол., тут, ас)

Нууччалыы Очень близко, впритык к чему-л

  • ыбылы диэн курдук. Миигин эйэргээн, ыга кууһан, Минньигэс тылларын эппэккин?
    Күннүк Уурастыырап
  • Бурхалей Марисаны ыга кууһан ылан хардары сыллаата-уураата.
    Эрилик Эристиин
  • Машаны илиитин ыга тутта, кинилэр саҥата суох сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбистилэр.
    М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (4)
  • Владимир Лукич Мичили бэйэтигэр ыга тардан туран, төбөтүттэн имэрийдэ. "ХС"
  • Тогойкин Ньукулай көхсүн Вася Губин көхсүгэр ыга аста.
    Амма Аччыгыйа
  • Кыараҕас баҕайы дьиэҕэ олус үгүс киһи ыга симсэн, таһыттан киирдэххэ, ыарахан сыт саба биэрэр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Үрдүк тэлиэгэ куорабар хатаастан анаммыт миэстэҕэ ыга симсэ олорон кэбистилэр
    Эрилик Эристиин

3 #

Олус күүскэ (хол., туохтан эмэ куттан)

Нууччалыы Очень сильно (напр., испугаться)

  • Эппит тыл туолан-ситэн, Эдэр уол ыга үөрдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Ылдьаа боруруок оҕонньор Ыга түллэ кыыһыран, Уот садаҕа саабылатынан Уулаах хара былыттары Илин кыйдаан кэбистэ дуу?
    С. Васильев
  • Уол ыга куттанан, мэктиэтигэр көҕөрө өлөн хаалла
    ХС

4 этии #

Нууччалыы Заставляя кого-л. силой, насильно, против воли (делать что-л.)

Этиилэр

Ыга үктээн

баҕарбатын үрдүнэн, күүс өттүгүнэн (кимиэхэ эмэ тугу эмэ оҥортор) Ол баайдартан баайдарын ыга үктээн ылаар.

  • Сиидэрэп ол ыстараабы Тоокуй дьиэтигэр тиийэн, ыга үктээн ылбыт. "ХС"

«Ы» буукуба