ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыгымсый

туохтуур

Нууччалыы стать раздражительным, вспыльчивым, горячим

туохтуур

Ыгым буол, кыыһыран, тымтан кэл

Нууччалыы Стать раздражительным, вспыльчивым, горячим

  • Билигин доҕорун санаан муучу бөҕөҕө түһэн сылдьар. Кыра аайы ыгымсыйан мээнэҕэ тыл ыһыктыбат киһи.
    Н. Лугинов
  • [Николай Иванович] дьонун кытта истиҥник сэһэргэһэр, киһи кыыһырыах, ыгымсыйыах да түгэнигэр холкутуйан биэрэр үгэстээҕин бэлиэтии көрөбүн.
    П. Караканов
  • Коля наһаа улгум, сымнаҕас майгылаах этэ, ол эрээри сороҕор ыгымсыйар буолара, кыраттан да кыыһыран бурҕаллан турара
    ХС

«Ы» буукуба