Перевод с якутского
ыдьырыччы
сыһыат
Нууччалыы так, чтобы бугрилось, комковалось, имело курчаво-волнистый вид
1 #
Ыдьырыйан тахсар гына (хол., сыалаах эти буһар)
Нууччалыы Так, чтобы бугрилось, комковалось, имело курчаво-волнистый вид (напр., о варёном жирном мясе)
Былыргылыы сахалыы сыалаах эти ыдьырыччы буһарбыт. Далан Сотору ыдьырыччы буспут сыалаах эти: "Сүүрүҥүйэ ордук", – диэн ситэ буһартарбакка таһаартардылар. Е. Неймохов [Маарпа] ынах холуттан быһа охсуллубут үөрэҕэс эти киллэрбитин эттээн батырҕата охсон алтан күөскэ ыга симэн ыдьырыччы буһаран кэбистибит С. Маисов
2 этии #
Нууччалыы Окончательно запутаться, перестать соображать
Ыдьырыччы иир кэпс. – хараарчы булкуллан хаал, тугу да арааран ырыҥалаабат, толкуйдаабат буол О, дьэ, дьон да өйө-санаата, сааскы үүт курдук, ыдьырыччы иирдэ.
Суорун ОмоллоонХаллаан сырдыар диэри Арсен этиитин толкуйдуу, ырыта сатаата да, өйө-санаата ордук ыдьырыччы иирдэ. Е. Неймохов Бүлтээһэп түүнүн аанньа утуйбата. Төбөтө ыдьырыччы иирэн, күн тахсан түннүккэ тыгыар диэри сытта. Э. Соколов