Перевод с якутского
ыйытыс
ыйыт диэнтэн холб. туһ. Уулаах бэйэтин кытта бииргэ сытар хаайыылаах оҕонньордуун -- сарсыарда түүллэрин ыйытыһаллара. Эрилик Эристиин Дьахталлар уҥа диэки кэллилэр уонна ити дьон тугу сүбэлээбиттэрин ыйытыһан бардылар. М. Доҕордуурап Учууталлар ыйытыһан билбиттэрэ: кырдьык Миша уол хааллан сытар Малыһы [уол аата] куттаары түннүгү тоҥсуйбут. "ХС"
Өссө холобурдар (2)
ыйыталаа I диэн курдук. Суонда былыр-былыргыттан ыйытыһа үөрэммэтэх баҕайыта. Софр. Данилов. Костя уолчаан өссө тугу эрэ ыйытыһыах, ыаһахтаһыах санаалаах этэ. Н. Заболоцкай Оттон ыйаах-кэрдии туһунан ыйытыспат да буолта, оннуга да суох барыта биллэр. Н. Павлов