ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылаар

туохтуур

Нууччалыы проясняться, становиться теплее

1 туохтуур #

Чаҕылыччы тыган сылааһынан бигээ, угуттаа (тоҥоруу, силбик кэнниттэн халлаан дьайҕаран, күн уота сылытарын этэргэ)

Нууччалыы Проясняться, становиться теплее (о погоде)

  • Сир быстар уһугар күн уота ылаарар, Сылытар сылааһын быраҕар.
    С. Данилов
  • Халлаан дьэ тыынын таһаарда, дьэҥкэрдэ, ылаарда.
    Болот Боотур
  • Бэрт хойут саппаҕырбыт күн сайыҥҥылыы ылаарбыта
    И. Данилов

2 туохтуур #

ан эмэ манньый, дууһаҥ көтөҕүллэн көнньүөр

Нууччалыы Растрогаться, умиляться, расчувствоваться

  • Ылаар да мин дууһам, дьоллоно.
    С. Данилов
  • Сүрэҕиҥ сылыйан, ылааран. Эн миигин ахтарыҥ буолаарай?
    П. Тобуруокап
  • Кыстык сирбит барахсан Ыҥырбыттыы ылааран Көһүтүннэрэ күөгэйдэҕэ, Аҕыннара налыйдаҕа
    С. Зверев

«Ы» буукуба