ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылахтас

туохтуур

Нууччалыы заниматься чем-л. упорно, настойчиво

1 туохтуур #

Арахпакка, дьаныһан туран тугу эмэ гын, оҥор, үлэлээ

Нууччалыы Заниматься чем-л. упорно, настойчиво

  • Тулуурдаах эмээхсин уонна мындыр уол хас да күн итинник ылахтаһан, уопсай тэтэрээт аҥарын кэриҥэ сурулунна.
    Н. Габышев
  • Махсыым онтон ыла быһа ылахтаһан итинник иһиирэри сатыыр буолта.
    Р. Кулаковскай
  • Үксүн Дмитриев, Гаджиев, Филимонов бэйэлэрэ [тустан] ылахтаһан тахсаллар
    КИС АаДЧ

2 туохтуур #

Кими эмэ кытта бэрт уһуннук тугу эмэ быһаарыс, мөккүс, этис, ыаһахтас

Нууччалыы Долго объясняться с кем-л., спорить, ругаться

  • Албыннаһан тылларыгар киллэрээри ылахтаһа сатыы олордохторо. Софр. Данилов. Доргууйап уонна Сандаараба -- өр ылахтаһан бараннар, тыл-тылларыгар киирсибэккэ тарҕаспыттара.
    В. Протодьяконов
  • Хас күн аайы бу дьахтары кытта солуута суох ылахтаһан тахсарбар күнүм бүтэр.
    В. Ойуурускай
  • Үгэстэринэн киҥир-хаҥыр саҥарсан, этиһэн ылахтаһаллар. С. Курилов (тылб.)

«Ы» буукуба