ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ылтаһын

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы кусок жести, жестянка

1 аат тыл #

Чараас тимир лиис, ньаалбаан

Нууччалыы Кусок жести, жестянка

  • Ыһыах түһүлгэтэ. Сэргэлэргэ ылтаһынтан оҥоһуллубут сиэрпэлээх молотуоктар саайыллыбыттар.
    Суорун Омоллоон
  • Килэҥнэс кирдээх тэлигириэйкэм ылтаһын курдук ыбылы ыларга дылы гынна.
    Р. Кулаковскай
  • Ылтаһыҥҥа 1941-1945 сыллар анныгар дьоннор ааттара бөдөҥ буукубаларынан суруллубуттара чуолкайдык дьэрэлиһэллэр.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Ыстакааны ыраас, килэркэй уонна кураанах ылтаһын үрдүгэр куурдаллар, онтон аналлаах ыйааһыҥҥа ыйыыллар.
    СЕТ ҮА

2 даҕааһын #

суолт. Ылтаһынтан оҥоһуллубут

Нууччалыы Жестяной

  • Чэй оргуйан хончоҕордорго кутулунна, били баахылабыт ылтаһын тэриэлкэҕэ өрөһөлүү уурулунна.
    П. Степанов
  • Мохсоҕол суол ааныгар нэлэгэр ылтаһын иһиккэ кутуллубут бытархай уҥуох былаастаах туох эрэ убаҕас аһы сиэн маҕыйан барда.
    С. Никифоров
  • Ылтаһын кэнсиэрбэ бааҥкатыттан оҕуруокка ууну боростуой ыстарааччыны оҥоруохха сөп. Дь
    Х. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • бур. илтаһа ʽмедная фигурка человекаʼ

«Ы» буукуба