ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ырыаһыт

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы человек, умеющий петь или занимающийся пением профессионально, певец

English singer

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

Ырыа толорооччу, ыллыыр идэлээх киһи

Нууччалыы Человек, умеющий петь или занимающийся пением профессионально, певец

  • Саха оҕуһун мииннэ да ырыаһыт (өс хоһ.). Уол үҥкүүһүтэ, ырыаһыта, көрө-нара туох да олус буолбут.
    Саха фольк
  • Сатыыр да буол, Сатаабат да буол – Киһи эрэ барыта саас Ырыаһыт буолар, атаас.
    Т. Сметанин
  • Ырыаһыт ыксыыр күнүгэр Өрөөбүт уоһун өһүлэр
    Баал Хабырыыс
Өссө холобурдар (2)

2 аат тыл #

Ырыа айар идэлээх киһи, ырыа айааччы

Нууччалыы Сочинитель, автор песен

  • С. А. Зверев – үлэһит дьон ортотуттан үөскээн тахсыбыт ырыаһыт. Софр. Данилов. Саха норуотун умнуллубат хомуньуус уола, бастыҥ талааннаах ырыаһыта, саха суруйааччыларын тапталлаах убайдара уонна иитээччилэрэ Платон Алексеевич Ойуунускай үтүөкэннээх киһи этэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Бар дьон аныгы ырыаһыттан олох дьиҥ сиэриттэн ылыллыбыт уус-уран тыллаах хоһоону күүтэр
    Эрилик Эристиин
  • Бу киэһэни, бу туманы Хаһан эрэ мин ахтыам. Ахтыбычча манньыйан Ырыаһыт дууһаланыам.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)

3 даҕааһын #

Олус үчүгэйдик ыллыыр, кэрэ куоластаах, ыллыыр-туойар

Нууччалыы Обладающий красивым голосом, умеющий петь, голосистый, поющий

4 даҕааһын #

Ырыаны айар

Нууччалыы Воспевающий, сочиняющий песни

5 этии #

Нууччалыы Всенародно признанный певец-импровизатор

Этиилэр

Норуот ырыаһыта

бар дьонун, норуотун билиниитин ылбыт, кутун туппут уус-уран тылынан хоһуйан ыллыыр киһи Норуот ырыаһыта К.

  • Оросин айылҕа көстүүлэрин көннөрү уустаан-ураннаан ойуулааһынынан муҥурдаммат. Эрчимэн. Норуот ырыаһыттарын үйэтитии, кинилэр кэхтибэт кэрэ историяларын үөрэтии, кырдьык кэрэхсэбиллээх даҕаны, кэскиллээх даҕаны. "Кыым". Савва уонна Николай Алексеевтар курдук норуот ырыаһыттардааҕынан Баатаҕай нэһилиэгэ оройуоҥҥа киэҥник биллэрэ. АҮ.

Ырыаһыт бэйиэт

ырыа буолан ылланар элбэх хоһооннордоох бэйиэт.

Автор текстов многих песен, поэт-песенник.

  • Норуокка элбэхтик ылланар ырыа тылын суруйбут киһини ырыаһыт бэйиэт диэн тапталлаахтык ааттааччылар. СДТА.

Алексей Бродников

ырыаһыт бэйиэт.

  • "ХС".

Ырыаһыт чыычаахтар

саҥалара кэрэ дорҕоон буолан ырыа, муусука курдук иһиллэр көтөрдөр.

Певчие птицы.

Ырыаһыт чыычаахтыы Мин дайан, Баҕардым

Ыллыахпын-туойуохпун.

  • Ырыаһыт чыычаах ыллаабакка сатаммат, ыллаатаҕына эрэ дуоһуйар.
    И. Данилов
  • Биһиги дойдубутугар ылыныллыбыт айылҕа харыстабылын туһунан сокуон ырыаһыт чыычаахтары өлөрөрү уонна уйаларын алдьатары бобор. "Кыым"

«Ы» буукуба