Перевод с якутского
ырычаах
аат тыл
Нууччалыы приспособление для подъёма тяжестей, рычаг
1 аат тыл #
Туох эмэ ыараханы олуйан өрө көтөҕөргө туттуллар тэрил, төһүү
Нууччалыы Приспособление для подъёма тяжестей, рычаг
Массыына өрөмүөнүгэр, тутууга ырычаах олус көмөлөөх буолааччы
2 аат тыл #
Тугу эмэ (хол., тиэхиньикэни) хамсатар гына дьайар чороҕор тимир
Нууччалыы Стержень с рукояткой для регулирования чего-л., управления чем-л., рычаг
Харлампий тыраахтар ырычаахтарын тардыалыыр. А. Фёдоров Барыта кэриэтэ – механизация, автоматизация! Кунуопканы эрэ баттыыллар, ырычааҕы эрэ хамсаталлар. "Чолбон". Оҕустарааччы Владимир Семёнов тыраахтарын хотуурун ырычааҕын алаас саҕатыгар төлө тардыбыта Кыым
3 аат тыл #
Ким, туох эмэ үлэлииригэр төһүү, тирэх буолар ньыма
Нууччалыы Средство воздействия на кого-что-л., рычаг
Бу боппуруоска РФ Бэрэсидьиэнин өйөбүлэ сүрүн ырычаах буолуо этэ Кыым