ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыстаарыһа

аат тыл

Нууччалыы в дореволюционной Якутии: помощник главы улуса или церковный староста

1 аат тыл #

Саха сиригэр өрөбөлүүссүйэ иннинэ: кулуба көмөлөһөөччүтэ биитэр таҥара дьиэтин көрөр-истэр, дьаһал биэрэр киһи

Нууччалыы В дореволюционной Якутии: помощник главы улуса или церковный староста

  • Олорор сирбититтэн балтараа көһү бардахпына Көлүһүөп диэн таҥара дьиэтин ыстаарыһата баара. Тоҥ Суорун. Саһааннаах Баһылай быйыл саас таҥараны итэҕэйээччилэр кэлэктииптэрин уопсай мунньаҕынан талыллан, церковнай ыстаарыһа буолбута.
    Эрилик Эристиин
  • Тойонуом, эн дайыымпа чааһынан саныыр буоллаххына, ыстаарыһаны кырдьыктаныма
    Чолбон

2 аат тыл #

ыстаарыста диэн курдук. Куурсугар дьиссипилиинэни мөлтөппөтүн туһугар биһиги бу ыстаарыһаны тута түһүөхпүт. Амма Аччыгыйа. Ыстаарыһа былаан туолуутун хонтуруоллуур, сорудахтары биэртэлиир, куруһуок дьарыктарын биллэрэр. ННН СТМО.

Этиилэр

Кылаас ыстаарыһата

чаҕылыйбыт кыракый уолчаан.

  • ЧКС АК

«Ы» буукуба