ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыстыык

аат тыл

Нууччалыы колющее оружие, прикрепляемое на конец ствола винтовки, ружья, штык

1 аат тыл #

Бинтиэпкэ, саа төбөтүгэр кэтэрдиллэр, үс кырыылаах тимир сэбиргэл

Нууччалыы Колющее оружие, прикрепляемое на конец ствола винтовки, ружья, штык

  • Түөһүгэр икки сиринэн ыстыык суола чэр буола сылдьара.
    Д. Кустуров
  • Сорохтор кыранаатаны быраҕарга, сорохтор чуучуланы ыстыыгынан түһэргэ үөрэнэллэр.
    С. Васильев
  • Саа силигин ситэрэн, бэл, ыстыыктааҕа, уруккутунааҕар таһы-быһа ордуга
    С. Маисов

2 этии #

Этиилэр

Ыстыык үөһэ (үрдүгэр) түһэр

үөрбэ үрдүгэр түһэр диэн курдук (көр түһэр).

  • Ньургуйаана тугу эппитин барытын ыстыык үөһэ түһэрэн иһэр дьахтары соһуйбут харахтарынан чоҕулуччу көрдө.
    У. Ойуур
  • Онуоха Шапошников өһүргэнэн турбута, ыстыык үрдүгэр түһэрбитэ. "Саха с. ". Иван Васильевич бу боппуруоһу хара саҕаланыаҕыттан ыстыык үөһэ түһэрбитэ. "Сахаада"

«Ы» буукуба