ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ытылҕан

аат тыл

Нууччалыы завихрение, круговерть чего-л. (напр., снега) при сильном ветре, в пургу

1 аат тыл #

Силлиэ, буурҕа, холорук тугу эмэ (хол., хаары) өрө сөрөөн, ытыйан таһаарыыта

Нууччалыы Завихрение, круговерть чего-л. (напр., снега) при сильном ветре, в пургу

  • Бөрө ханна баара ол хаар ытылҕаныгар баһыйтаран көстүбэтэ.
    Н. Лугинов
  • Хаар-муус ытылҕана сорох сиргэ ый кэриҥэ сэллээбэтэ.
    А. Данилов
  • Силлиэ-буурҕа ытылҕанын тыаһа, муусука ньиргиэрэ – бу барыта испэктээк кырааскатын күүһүрдэр
    Кыым
Өссө холобурдар (2)
  • Уу эргичийэ-эргичийэ, сүүрүгүрэн ытылла сытар сирэ, бурулҕан. Θ Водоворот. Күрүлгэҥҥэ киһи мэйиитэ эргийиэх ытылҕана эбит.
    Э. Соколов
  • Халаан уутун ытылҕана буруу гынан ытыйан, эрийэн күөл кытыытын мууһун көҥү дьөлөр
    С. Маисов

2 аат тыл #

Киһи олоҕун тосту-туора уларытар, өрө-таҥнары ытыйар көстүү

Нууччалыы Круговорот событий, беспрерывное течение, изменение чего-л

  • Сэрии уоттаах ытылҕанын ортотунан ааһан тыыннаах ордор манан суол буолбатах. Софр. Данилов. Дьылҕа араас ытылҕанын сиэрдээхтик уйбут аҕа саастаах үөлээннээҕин Бүөтүрү ытыктыыра өссө күүһүрдэ
    Огдо

3 аат тыл #

Өй-санаа, дууһа өрө күүрүүтэ, өрүкүйүүтэ

Нууччалыы Коловращение идей, мыслей

  • Бу толкуйум ытылҕаныгар аар-маар да бараары гынным, онон туох түмүккэ кэлэбин?
    Е. Неймохов
  • Хас биирдиибит сэрии туһунан арааһы ыатаран, санаа ытылҕаныгар ылларан, саҥата суох сөҥөн ылабыт.
    С. Маисов
  • Ардыгар киһи дьикти турукка, дууһа ураты уйан ытылҕаныгар киирэн тахсар түгэннэрдээх
    Күрүлгэн

«Ы» буукуба