ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыытын

Нууччалыы прыгать (напр., в воду); спускаться

Нууччалыы Прыгать (напр., в воду); спускаться (напр., с горки)

  • ыытынан кэбис – 1) ыһыктынан кэбис диэн курдук (көр ыһыгын). Вера Дмитриевна ыытынан кэбиспэккэ, бэйэтин ыраастык, чэбэрдик туттан сылдьарын сөбүлүүр.
    Далан
  • Егор Килович былдьаһыктаах кэмҥэ эрчимэ оргуйан кэлэр, онтон эмиэ онуоха-маныаха диэри ыытынан кэбиһэр.
    Н. Лугинов
  • Ыстаарсай мэхээньикпит ирдэбил мөлтөөбүтүнэн туһанан, кэнникинэн олох ыытынан кэбистэ. П. Степанов; 2) үөһэттэн ыстанан түс (хол., ууга); аллара диэки сырылаа (хол., сыыртан)
Өссө холобурдар (3)
  • Уолаттар икки илиилэрин өрө уунан, турбутунан чүөмпэҕэ ыытынан кэбиһэллэрэ.
    В. Иванов
  • Дүлүҥ [киһи аата] эмиэ ыытынан кэбиспит да, киһитин сыыр ортотугар тиийэн, ситэн ааспыт.
    Саха фольк
  • Эһэ оҕото төбөтүн оройунан хойуостанан ылаат, эмпэрэттэн аллара диэки имигэстик ыытынан кэбиспитэ
    Чолбон

«Ы» буукуба