Перевод с якутского
ыҥыыр
аат тыл
Нууччалыы часть сбруи – сиденье, укрепляемое для езды на спине животного, седло
English saddle
1 аат тыл #
Көлөнү миинэргэ, ындыы ыҥыырдарга арҕаһыгар ууруллар туспа оҥоһуулаах олох
Нууччалыы Часть сбруи – сиденье, укрепляемое для езды на спине животного, седло
Оһуордаах чаппараах хоҥхочохтоох, Симэхтээх дэпсэ тэллэхтээх, Кутуу көмүс хоҥсуоччулаах, Кырылас оһуор кытыылаах Кычымнаах ыҥыыр киэргэллээх, Үрүҥ көмүс үллүктээх Үүт маҥан аттар. С. Зверев Ыҥыырга олорор Сүөдэр эмиэ хайдах эрэ уоста-симиттэ быһыытыйда. Амма Аччыгыйа Сүөдэр ыҥыырыгар оҕотун кууһан олордо, кэргэнэ сыттык ботуоҕа мэҥэһиннэ И. Гоголев
2 этии #
Нууччалыы С укреплённым на спине седлом, осёдланная лошадь, олень
Этиилэр
Ыҥыыр ат (таба)
ыҥыырдаммыт, ыҥыырдаах ат, таба Сайын аайы окко киириэх иннинэ Бииктэр биэссэр, Уйбаан учуутал ыҥыыр атынан куораттыыллар.
Ыал дьиэтин таһыгар хас да ыҥыыр аттар баайыллан тураллар. Эрилик Эристиин Биһиги ыҥыыр табаларынан аймахтарбытыгар көһөн испиппит.
А. Кривошапкин
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. ыҥҕыр ‘коровье седло’ казах. ыҥыршак ‘бычье седло’, уйг. егэр ‘седло’