ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһылын

туохтуур

Нууччалыы разбалтываться, распадаться, разваливаться, ломаться

Ис хоһооно · 5

1 #

Биир кэлимҥин, сааһыламмыккын сүтэр, арахсыталаа (тугу эмэ этэргэ)

Нууччалыы Разбалтываться, распадаться, разваливаться, ломаться (о чём-л.)

  • ыс диэнтэн атын. туһ. Дьүһүнэ көстүбэт гына киртийбит саркаахтаах муоста үрдүгэр бөх-сыыс ыһылла сытар.
    Эрилик Эристиин
  • Үөһэ ойбут күн уота тыган, сарадах сардаҥа ыһылла эккирээтэ.
    Л. Попов
  • Ходуһаларга ыһыллар туораахтаах оттору сайын иккитэ охсуохха сөп.
    ААФ ОИОИС
Өссө холобурдар (1)
  • Турку хаһан баҕарар ханньас гынан ыһыллан хаалыах айылаах хаадьаҥнаабыт тэрил. С Маисов. Ыһыллыбыт тыллары сааһылаан этии оҥорторор ордук туһалаах. КИИ МКТТҮө. Быа икки уһугун сарыынан бытырыыстаан баран, ыһыллыбат гына хам тигэллэр
    НБФ-МУу СОБ

2 #

Бытанан үрүө-тараа бар, онон-манан биирдии-биирдии биитэр бөлөхтөһөн араҕыс

Нууччалыы Разбегаться (в разные стороны), расходиться (по одному или мелкими группами)

  • Кулууптан кыргыттар үтүрүһэ-үтүрүһэ ыһыллан тахсан, массыына тула өттүгэр иилиһиннилэр.
    Э. Соколов
  • Эмискэ халлаан намтаабыт былыта сыыйа тардыллан ыһыллан барда.
    С. Маисов
  • Саҥардыы улаатан эрэр эдэр сүөһүлэр куйаас түстэ да, онно-манна ыһыллан хаалыахтарын сөп.
    ЖЕА ТС
Өссө холобурдар (1)
  • Бииргэ сылдьан баран, арахса тарҕан (хол., дьон бөлөҕүн этэргэ). Θ Разойдясь, распространяться (напр., о группе людей). Ол биһикпит төһө нус-бараан төрүттээх да, оччонон билиилээх, олоххо эрэллээх ымыы ыччат ыһылла көтөр
    А. Чугунов

3 #

Биир сомоҕо буолан бүт, тус-туспа араҕыс, үрэлин

Нууччалыы Распасться, развалиться, прийти в упадок, дробиться

  • Дойду баайын үллэстэр туһунан киҥир-хаҥыр кэпсэтии сойуус ыһыллыан инниттэн саҕаламмыта.
    Н. Борисов
  • Бу кэмҥэ олохпут укулаата уларыйан, сопхуостар ыһыллан, кыччаан киирэн бардылар. КК. Ырыынак кэмэ саҕаланаатын кытта урукку тэрилтэлэр ыһылланнар, дьон бөҕө үлэтэ суох хаалбыта. ААП ҮКТ. Икки сыл үөрэммиттэрин кэннэ, устуудьуйалара сабыллан, бэрт элбэх талаан ыһыллан хаалар.
    ӨӨ
  • Тус-туһунан бар, араҕыс (кэргэнниилэри этэргэ); үрэлин (ыалы этэргэ). Θ Разводиться (о супружеской паре); разваливаться (о семье). Сорох эдэр ыаллар кыыһырса түстүлэр да, сонно ыһыллаары хаайаллар. ЧКС ОДьИи. Ыал олоҕо ыһылыннаҕа ити, тустаахха ыарахан.
    ЛМ А

4 #

Тэрээһинэ, ситимэ суох, сатаҕай буол; үрэлин

Нууччалыы Терять стройность; расстраиваться, расшатываться

  • Аспирантура дьыалата олус ыһылынна, ким эмэ онон дьарыктанар киһи баар дуо?
    Далан
  • Василина ыгылыйан этиэхтээх сытыы тыла-өһө ыһыллан хаалла.
    У. Ойуур
  • Хомойуох иһин, суруйааччы архыыба ыһыллыбыт, өссө сороҕо сүппүт быһыылаах.
    КНЗ ТС

5 этии #

Нууччалыы Разворачивается музыка

  • ыһыллаҥнаа 2 диэн курдук. Бөтүрүүс эрэйдээх, сиэгэн кыыл курдук, сүүрэн ыһыллыбытынан барда ээ!
    Амма Аччыгыйа
  • Ноолур уола Хоноһо торбуйах сонунан далбаатыы-далбаатыы, мэнэрийэн ыһылынна.
    И. Гоголев
  • Дьөһөгөй оҕолоро барахсаттар сиэллэрэ, кутуруктара ыһыллан олорор. С. Маисов

Этиилэр

Ырыа ыһыллар

ырыа (-тойук) кутуллан олорор, ырыа(-тойук) бөҕө саҕаланар Үөрүүлээх-көтүүлээх, сэргэх ырыа ыһыллар.

  • Хормуоска эҥээттэн, ырыа-тойук ыһылла түспүтэ.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Ырыа ыһылла сылдьарын, үҥкүү үргүлдьү барарын саастаах дьон бары сөбүлүүр.
    К. Уткин

Ыһыллар тооручча (торучча) көр тооручча

  • Ыһыллар тооруччаны быйыл үүнэриэххэ наада. Ср. др. -тюрк. сачыл ‘быть рассыпанным, рассеянным, разбросанным, развеянным; разбрызгиваться, моросить’

«Ы» буукуба