ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

ыһырыктый

туохтуур

Нууччалыы темнеть, сгущаться

1 туохтуур #

Хараҥаран, күлүгүрэн көһүн, хараҥар

Нууччалыы Темнеть, сгущаться

  • Күн уота кыыһан, тула ыһырыктыйар, күлүгүрэр.
    Л. Габышев
  • Ытыс таһынар хараҥаҕа хараххын аспытыҥ да, симпитиҥ да син биир – туох да көстүбэт ыһырыктыйбыт дойдута.
    Е. Неймохов
  • Дэриэбинэ умайбыт тобоҕо кэннибэр хара буруонан ыһырыктыйан хаалбыта
    СҮК

2 туохтуур #

Хараҥатыҥы кытархай, кыаһаан дьүһүннэн (киһини этэргэ)

Нууччалыы Краснеть, багроветь (о человеке)

  • Кини үрдүк уҥуохтаах, кэлии курдук халыҥ, ыһырыктыйбыт киһи.
    Н. Павлов
  • Баһылайап кинээс саала ортотугар саһыл истээх сонун бүрүнэн, ыһырыктыйан олорор. ЕА НТ. Холкуос бэрэссэдээтэлэ Гавриил Иванович ыһырыктыйан суостаах көрүҥнээх. "Чолбон". Ср. др. -тюрк. ыш, ис ‘сажа, копоть; дым, туман, мгла’

«Ы» буукуба