Перевод с якутского
эбириэн
даҕааһын
Нууччалыы покрытый мелкими крапинками, пятнами, чубарый (о лошади), пёстрый, пятнистый
1 даҕааһын #
Эриэн буолан көстөр элбэх бытархай чуоҕурдардаах, бээтинэлэрдээх
Нууччалыы Покрытый мелкими крапинками, пятнами, чубарый (о лошади), пёстрый, пятнистый
Сүөһүлэрэ барылара үтүктүспүт курдук эбириэн өҥнөөхтөр. И. Гоголев Икки хонон баран туһахпын көрө барбытым. Кырдьык, биир эбириэн түүлээх бочугурас туһахпар иҥнибит этэ. Н. Якутскай Эттэрэ, туох сирэйдиин-харахтыын, илиилиин-атахтыын, баҕа иһин курдук кыһыл эбириэн ымынахтанан хаалла. С. Федотов
Өссө холобурдар (1)
Арай доҕоор, эбириэн өҥнөөх, уп-уһун эриэн үөн күтүр бу тыылла сытар! ХС
2 этии #
Этиилэр
Күөх эбириэн көр күөх I
Уу долгунун курдук Суһумурдаан көстөр Күүгүнүүр күөх эбириэн Оҕус сүөһүнү көрдүүллэр. Күннүк Уурастыырап Күөх эбириэн ат оҕус -- күөх оту хадьырыйарын тохтотон, хантайан миигин одууласпахтаата. И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
Эбириэн былыт • эбир былыт диэн курдук (көр эбир I). Арҕааттан эбириэн былыттар Үөһэнэн элэҥнии усталлар. Эрилик Эристиин Түүн Эбириэн былыттар Халлааҥҥа сыстыбыттар. И. Федосеев