ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эбит

холбуур

Нууччалыы если

Ис хоһооно · 4

1 #

эб

  • Быйыл сайылыкка сир симэҕэ олус да үүммүт эбит.
    Суорун Омоллоон
  • Кэнникинэн быһаардаҕына, Дьөгүөрдээн диэн аҕалааҕа, Бэһиэлэйэптэр эргинэр таһаҕастарын тиэйэн, Охотскайга барбыт эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити торулааччы киргил эбит, тоҥсоҕой буолбатах
    В. Яковлев
Өссө холобурдар (4)
  • Буоллаҕа эбиискэни кытта суолтатын ыкса ситимнээн түмүктүүр толбоннонор, оттон дуо, дуу, дии курдук эбиискэлэри кытта суолтата оннунан хаалар. Θ С частицей буоллаҕа тесно сочетает свою семантику и приобретает нюанс умозаключения, а с другими частицами типа дуо, дуу, дии сохраняет свое значение. Хор, куһаҕан, сут дьыл моҕотой киһиттэн куттаммат дииллэрэ кырдьык эбит буоллаҕа.
    И. Гоголев
  • Наадалаах курдук буолар эбит дуо…
    Амма Аччыгыйа
  • Тыый, Ааныс ынаҕа сиргэ төрөөн хаалтын булан, оҕотун көтөҕөн иһэр эбит дии.
    Н. Заболоцкай
  • Бу киһи манна кэлэ сылдьар эбит дуу!
    Д. Таас

2 #

Этиллэр санаа чахчылааҕын, көстөн турарын итэҕэйиини көрдөрөр

Нууччалыы Выражает убеждение говорящего в достоверности, очевидности сообщаемой мысли (оказывается, как выяснилось)

3 #

уур -ыах, -ыа пуормаларыгар сыстан болдьох киэби үөскэтэр уонна кини баҕарар, усулуобунай суолталарын көрдөрөр

Нууччалыы С формами глагола на -ыах, -ыа образует сослагательное наклонение, выражая его желательное и условное значение

  • Мин дьиэбэр бара түһэн кэлиэ эбиппин.
    Амма Аччыгыйа
  • Ону Сергей Петрович биһигини кытта сүбэлэһэн да баран ыҥырыа эбит. Софр. Данилов. Аҥаардас ийэм тылынан сылдьыбытым буоллар, сүөһү аттыгар үктэниэ суох эбиппин.
    М. Доҕордуурап
  • Хаһыҥ түспэтэр, бу курдук үчүгэй буолуо эбит
    Кыым

4 #

Сорох контекска этэр санааны эмоциональнай күүһүрдүүнү көрдөрөр

Нууччалыы В определённом контексте выражает эмоциональное усиление высказываемой мысли

  • а, үөрүөм да баар эбит! Отчуттарбын аһатар астаннаҕым.
    Амма Аччыгыйа
  • "Чэ, чэ, ээх, бэрдиҥ эбит!" • диэтэ Фёдор Васильевич. Софр. Данилов. Хата биирдэ көмөлөспүт эбит!
    ХС
  • Ср. ДТС ермис ʽоказываетсяʼ, тюрк. емиш, имеш ʽякобы, как будто, говорят, мол, дескатьʼ

«Э» буукуба