ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эбээт

Нууччалыы выражает усиление говорящим достоверности высказываемой мысли

Ис хоһооно · 4

1 #

эб

  • Күн күбэй ийэ барахсаны аҥаардас таҥаһа маанытынан, дьүһүнэ үтүөтүнэн эрэ таптаабаттар эбээт
    Амма Аччыгыйа
  • Араас дэгэттэрдээх буолуон сөп: бэлиэтээн этии. Θ Может иметь различные оттенки значений типа: констатации факта, представленного в содержании высказывания. Таптыыр үлэҥ ырыа курдук эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Сытар барахсан үчүгэй даҕаны эбээт
    Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (9)
  • Бигэргэтии. Θ Утверждение. Иитиллибит Ийэ киин дойдум Сымнаҕас, сылаас Сыламнатар сыта-сымара Испэр-быарбар Таайан киирэрин Таптыыбын эбээт, атастаар!
    Күндэ
  • Ити, дьиҥэ, эргэ уонна саҥа үйэлэр аҕалаах уолунан, икки хаан уруу дьонунан сирэйдэммит дириҥ идиэйинэй мөккүөрдэрэ эбээт
    Амма Аччыгыйа
  • Ылынан, итэҕэйэн өйдөөһүн. Θ Убеждённость говорящего в содержании высказывания. Хомуньууһум өрөгөйүнэн өрө көтөҕүллүбүт киһи этэ эбээт кини, норуот бойобуой мохсоҕоло!
    Амма Аччыгыйа
  • Сыччах, сыччах онон даҕаны Сыбардаах аар тайҕаны Сөп эбээт аатырдыахха, Сөп эбээт айхаллыахха!
    П. Тобуруокап
  • Хайааһын сөҕүмэрдик буолуута. Θ Восхищение говорящим содержанием высказываемого им. Холорук курдук өрө ытыллан ахан эрэр эбээт, кини киһи!
    Амма Аччыгыйа
  • Оччоҕо уруккутааҕар ордук улуу өрүһүм күлүмнүү күлэр эбээт!
    Суорун Омоллоон
  • Хайааһын эмискэ уонна күүскэ буолуута. Θ Выражает удивление, испуг говорящего от чего-л. неожиданного. Ол олордохторуна, арай доҕоор, таһырдьа ким эрэ кэлэн, ааннарын кырбаан лигийбитинэн барда эбээт
    Амма Аччыгыйа
  • Сэрэйии Θ Предположение. Үтүө да сүүрүк буолуохтара эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Эрэмньилээх буолуу. Θ Уверенность. Билигин даҕаны мин аты чэпчэки соҕустук миинэр, бойобуой бинтиэпкэни сөп соҕустук туһаайа тутар киһи сырыттаҕым буолуо эбээт!
    Амма Аччыгыйа

2 #

Саҥарааччы этэр санаа дьиҥнээҕин күүһүрдүүтүн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает усиление говорящим достоверности высказываемой мысли (ведь, же)

3 #

Саҥарааччы этэр санаатын эмоциянан, экспрессиянан күүһүрдүүтүн көрдөрөр

Нууччалыы Выражает эмоционально-экспрессивное усиление говорящим содержания высказывания (ведь)

  • Көр эрэ, учуутал уол Сиилиннээх куорат иниспиэктэрин иккиэннэрин хотон тахсыбыт үһү эбээт
    Амма Аччыгыйа
  • Араас дэгэттэрдээх буолуон сөп: астыныы. Θ Может иметь разные оттенки значения: выражать удовлетворённость говорящего содержанием высказывания. Дьэ, көрдүм эбээт кинилэри… Ярославскайы уонна Орджоникидзены
    Амма Аччыгыйа
  • Үөрүү. Θ Выражает радость говорящего от высказываемого. Дьэ, хата, бу бэркэ көрүстүбүт эбээт!
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (5)
  • Баҕарыы. Θ Выражает желание, надежду говорящего на осуществление содержания высказывания. Бу уонунан тыһыынча ахсааннаах эдэр ыччат ортотугар баар саха уолчаана үөрүү-көтүү, дьол-соргу дохсун сүүрүгэр көтөҕүллэн иһэрбин таба көрбөттөр баҕас эбээт кинилэр!
    Амма Аччыгыйа
  • Сэтэрээһин. Θ Злорадство говорящего по поводу содержания высказывания. Сыллай да үрдүгэр этиҥнээх чаҕылҕан түстэ эбээт
    Амма Аччыгыйа
  • Хомойуу. Θ Выражает досаду говорящего по поводу содержания высказывания. Бойобуой кыһыл этэрээтигэр киирээри көрдөспүппүн "кырдьаҕаскын" диэн булгуччу аккаастаан тибэн кэбистэ эбээт!
    Амма Аччыгыйа
  • Өстүйүү, кэлэйии. Θ Злость и презрение говорящего в отношении содержания высказывания. Үһүөйэх киһиттэн биирдэрин куоттара-куоттара, өссө "ураалаахтар" баҕастаахтар эбээт, бу ыттар
  • Сөҕүү, кэлэйии. Θ Лёгкое сокрушение, сожаление говорящего. Оо, өлүү эбит дии, куруук ити курдук этэбит эбээт!
    Амма Аччыгыйа

4 #

Саҥарааччы этиллэр санаалары холботолоон-ситимнээн, быһааран-чуолкайдаан биэриитин көрдөрөр

Нууччалыы Обобщение говорящим нескольких суждений для выражения окончательного суждения

  • Эн ити Машаны кытта сылдьаҕын даҕаны, мин итиннэ соччо суолта биэрбэппин. Кими эмэ кытта сылдьыаххын, сэлэһиэххин наада эбээт. Софр. Данилов. Кэлэн, оскуолата күл-көмөр буола сытарын көрдөҕүнэ, маҥнайгы омунугар тугу саҥарара, хайдах туттунара биллибэт эбээт.
    Амма Аччыгыйа
  • Уруккуну-хойуккуну билбэт адьас атын киһи, оонньуу-күлүү таарыйа, ити курдук эппитэ буоллар син да этэ. Оттон кини барытын билэрэ эбээт
    ХС

«Э» буукуба