Перевод с якутского
эгэй
туохтуур, аат тыл
Нууччалыы быть шустрым, проворным
1 туохтуур #
Хап-сабар, түргэнник хамсан-имсэн
Нууччалыы Быть шустрым, проворным
Ийэлэрэ-аҕалара ас киллэрэннэр, эҕэйэ, ходьойо сылдьаллар. ПЭК СЯ Я. Ср монг. эгэх ʽвозвращаться, идти домойʼ
2 аат тыл #
, эргэр. Өрө көтөҕүллэн, "өрүкүйэн үөрүү-көтүү, өрөгөйдөөһүн
Нууччалыы Радостное настроение, ликование, радость
Эрэйэ миэхэ, эгэйэ эйиэхэ. (өс хоһ.). Үөрүү, өлүү иккини көрөн, Эгэй, эрэй иккини билэн, Соргу, сор иккини солбуйан -- Аан ийэ дайдыттан арахсарбыт буоллар Астык буолуо этэ.
Өксөкүлээх Өлөксөй[Сэбиэскэй Аармыйа] Сүүһүнэн омук эстэр аналын уларытан, Эгэйинэн солбуйан, Иккистээн төрөппүтүҥ Эллэй
3 #
саҥа алл., эргэр. Үксүгэр саха төрүт ырыатын саҕаланыытыгар этиллэр тыл
Нууччалыы Один из излюбленных зачинов якутской народной песни
Эгэй, оҕолоор! Кэрэ кулун кэһиитигэр Кинээстэрдиин кэккэлэһиэҕиҥ, Кэрэ тылла кэпсэтиэҕиҥ! Саха нар. ыр. I. Эгэй, эгэй, оҕолор, Элбэҕийэ буоламмыт Эрчимнээхтик үлэлиэхпит.
КүндэЭгэй дуо, доҕоттоор! Эҥин-эҥин күммэр илэ-бодо көһүннүлэр буолбаат! С. Зверев