ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

элий

туохтуур

Нууччалыы отрезать, срезать что-л. тонкими пластинками

1 туохтуур #

Тугу эмэ (хол., эти) тас өттүттэн чараастык быһа сотон ыл

Нууччалыы Отрезать, срезать что-л. тонкими пластинками (напр., мясо)

  • Эти элийэ быһа-быһа иҥсэлээхтик сиэтэ.
    И. Гоголев
  • Умса туттан олорон, эбэм иннибэр уурбут эһэм быһаҕынан сыалаах эти элийэ быһан ылан айахпар угабын.
    Н. Лугинов
  • Харгыга тахсар балык эмис, эттээх буолааччы. Бэл сороҕор биир ойоҕоһуттан үстэ элийэн быһаҕын эбээт. Доҕордоһуу т

2 туохтуур #

Быһыйдык, чэпчэкитик сүүр, дэгэй

Нууччалыы Бежать, легко ступая, едва касаясь земли

  • Эр киһи элийэн тахсан Тураҕастай биэтин Кутуругун быһа баттаан, Киллэрэн биэрдэ.
    Саха фольк
  • Эдэрдэр итинтэн-мантан элийэн кэлэннэр, эппиэтэ суох илиилэригэр иилистибитинэн бардылар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Атын үрдүгэр элийэн тиийэн олоро түстэ. СГФ СК
    Т. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • монг. элэх, бур. элихэ 'парить'

«Э» буукуба