ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эллэс

туохтуур

Нууччалыы прилагать упорство, проявлять настойчивость в достижении какого-л. результата, добиваться чего-л. с трудом

1 туохтуур #

Тугу эмэ ситиһээри дьаныһан туран сыралас, туруулас

Нууччалыы Прилагать упорство, проявлять настойчивость в достижении какого-л. результата, добиваться чего-л. с трудом

  • Эн ол алҕаан эппиккинэн, Эллэстим үрдүк үөрэхтиин. Кыах баарынан, дьон тэҥинэн, Кыһалламмын, бүтэрдим син.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хомус тардар ньыматын араас албаһын чугуйар чуумпуга элбэхтик эллэһэн, араастаан дьарыктанан баһылыыр, сатыыр буолбута.
    К. Уткин
  • Ол эрэн үгүстэр үлэлээн, эллэһэн эрэйдэрин тилиннэрэргэ дьүккүһэллэр
    ПАЕ УуАХО

2 туохтуур #

Кимниин, туохтуун эмэ тулуһан охсус, күөн көрүс, утарылас

Нууччалыы Долго и упорно бороться с кем-чем-л., преодолевая сопротивление; выдержать что-л., выстоять перед кем-чем-л

  • Сэнньэлгэ буолбут Сэптэрин-сэбиргэллэрин Сиргэ ылан бырахтылар, Эт илиилэринэн Эллэспитинэн бардылар.
    П. Ядрихинскай
  • Кэргэним, хаҕыс, хабыр майгынын сымнатаары, сүүрбэччэ сылы быһа эллэстим да, иннин кыайан ылбатым.
    Ф. Постников
  • Ол да гыннар, биһиги көлүөнэ сэрии кэннинээҕи суту-курааны, дьыбары да эллэһэн туораабыт буолан, харса суохтуҥу этэ
    В. Титов

3 туохтуур #

Кими, тугу эмэ кытта бииргэ эҥээрдэһэн, алтыһан сылдьан бодорус, өйдөһөр, тапсар буол

Нууччалыы Общаясь постоянно, притереться друг к другу

  • Уһун кыһыны нэһиилэ туораабыт эриэн моҕотой, Сеня кыра эрдэҕиттэн эллэспит кыыла, нэһиилэ сүүрэн арбах анныгар түстэ.
    Н. Босиков
  • Харсыһа үүммүт муостардаах, эриэн дьүһүннээх оҕуспунаан биэс-алта сыл эллэстибит быһыылааҕа.
    ХС
  • Наар бостууктардыын, булчуттардыын эллэһэр. Анарааҥҥылара кини кэллэҕинэ үөрүү-көтүү бөҕө. А. Кривошапкин (тылб.)
Өссө холобурдар (2)
  • Өр кэмҥэ биир дьарыгынан дьарыктанан, биир сэбинэн-сэбиргэлинэн туттан, онуоха үөрэнэн хаал, үөрүйэхтэн. Θ Привыкать к чему-л., свыкаться, сживаться с чем-л. Үһүөн, туран, саастарын тухары эллэспит хотуурдарын сытыылаан чыыс-чаас соттулар.
    П. Аввакумов
  • Холобура, бу эн табаҕа үлэлээбитиҥ быданнаата эбээт. Ама биэс-алта сыл эллэспит үлэҕин салайыаҥ суоҕа үһү дуо! ВВ ЫСЫ. Булуугу уонна бинтиэпкэни эрэ кытта эллэһэн улааппыт дьон, уолга оннук эҕэрдэни суруйаары, хатырбыт, чэрдээх илиилэригэр уруучука туппуттар
    ӨӨККҮ

«Э» буукуба