Перевод с якутского
элэктэс
элэктээ диэнтэн холб. туһ. Иккиэн сытыы-хонуу, көрдөөх-нардаах, кыыһырдахтарына, иккиэн олус дохсун дьон, кинилэр араастаан элэктэһэллэр, тыл аахсан дьаҕыллаһаллар да, тыл-тылларын уйсан, кэмнэрин билсэн, өртөн доҕордоһон сылдьаллар. Амма Аччыгыйа Костя тото элэктэһэрэ, ыстырыыстаһара. Н. Габышев Күө-дьаа буолан, аны бэйэ-бэйэлэрин элэктэһэн бардылар. С. Дадаскинов