ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

энчирэппэккэ

сыһыат

Нууччалыы в целости-сохранности

1 #

сыһ

  • Сиксирики оҕонньор сүрдээх көнө сүрэхтээх киһи эбит. Биир да манньыаты энчирэппэккэ эрэ огдообо эмээхсиҥҥэ биэрдэ эбээт.
    И. Никифоров
  • Сүбэлэһии түмүгэр биригээдэҕэ быйыл кыстык устатыгар бөдөҥ сылгыны биири да энчирэппэккэ кыстатарга -- эбэһээтэлистибэ ылынарга быһаарыннылар.
    В. Протодьяконов
  • Ыанньыксыт Айыыда Далбаайаба киниэхэ сыһыарыллыбыт уон биэс ынахтан уон биэс ньирэйи ылан, көрөн-харайан, барыларын энчирэппэккэ -- холкуоһугар туттарда
    ХС

2 #

Баары көҕүрэппэккэ, итэппэккэ, ороскуоттаабакка

Нууччалыы Не теряя, не тратя, не расходуя

3 #

Тугу да көтүппэккэ, барытын хайдах, төһө баарынан

Нууччалыы Не упуская, не пропуская

  • Кини хас биирдии тылын энчирэппэккэ истэллэрин астына санаата.
    Н. Лугинов
  • Рафаэль Баҕатаайыскай "Дьыбар тахсыыта" бэйиэмэни (хоһоону буолбатах!) бүтүннүүтүн, ханан да энчирэппэккэ омонимнарынан суруйбут.
    Н. Габышев
  • [Куоска] чыскынан саахар кыралыырбын, килиэппин хайдах быһарбын – барытын энчирэппэккэ кэтиир
    ХС

«Э» буукуба