ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эргэнэ

аат тыл

Нууччалыы рослый, крупный

I

1 #

эргэнэ бэйэлээх фольк. – улахан, бөдөҥ (киһи)

Нууччалыы Рослый, крупный (человек)

  • Эргэнэ бэйэлээх түктэри бэрт дьон! ПЭК СЯЯ. [Кыыс Ньургун – Буура Дохсуҥҥа:] Эн саҕа эргэнэ бэйэлээҕи иҥнэрбитим, дьороҕоно сотолооҕу тоһуппутум. Эрилик Эристиин; эргэнэ муостаах фольк. – тайах. Θ Лось. Кэнэҕэс даҕаны иннибитигэр Эргэнэ муостааҕы эргитэ туруҥ, Дьороҕоно сотолооҕу тохтото туруҥ!
    Далан
  • Баай Байанай аһаа-сиэ! Дьороҕоно сотолооххун тосхойо тур, эргэнэ муостааххын элиэбэр эргитэ тур. И. Федосеев; эргэнэ тыа – мутукчата түспүт тыа; үрдүк, бөдөҥ мастаах халыҥ ойуур, сис тыа. Θ Обнажённый, без листвы, тёмный лес; крупный, густой лес. Киэҥинэн эҥсиллибит улуу нүөллээҕинэн эргэнэ хара тыатын хонноҕор кыбынан, аҥаар эрэ муннугун быктарбат.
    Амма Аччыгыйа
  • Адаар таас хайалары, эргэнэ хара тыалары, -- бүүс-бүтүннүүлэрин таптыаҕыҥ.
    И. Никифоров
Өссө холобурдар (2)
  • Айаан чугас турар эргэнэ тыаны бүтүннүүтүн биир тиитигэр тиийэ кэрдиэх уохтаах курдуга.
    Н. Габышев
  • Ср. монг. эргэнэ ʽотвесной, крутой’
II

2 аат тыл #

Үрдүккэ ыттарга аналлаах быа үктэллэрдээх эбэтэр кэрдиистээх уһун мас, кирилиэс

Нууччалыы Лестница из длинной жерди с круговыми верёвочными ходами или две лиственничные жерди, приставляемые к дереву, для лазания на высокие лесины

  • Оннооҕор орулуос сымыытын Эргэнэ оҥостон ылаҕын. Айталын. Эргэнэнэн тиит кумалааныгар, кэбиһиилээх окко эҥин ытталлара
    СГФ СКТ

3 аат тыл #

түөлбэ. Дүлүҥү олуктаан оҥоһуллубут кирилиэс

Нууччалыы Лестница из одного бревна с вырубленными на нём ступеньками

  • Эһэм эргэнэ оҥордо

«Э» буукуба