Перевод с якутского
эрдэлээ
туохтуур
Нууччалыы произойти раньше срока, преждевременно
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кэмин, болдьоҕун иннинэ буол
Нууччалыы Произойти раньше срока, преждевременно
Биэлэр сааскы тымныы тыалга супту оҕустаран, төрүөхтээх кэмнэриттэн эрдэлээтилэр. В. Протодьяконов Көрдүгэн, уу хонон мустубут аҥхалаат сирдэр эрдэлээн тыллар чэчиктэринэн симэннилэр. С. Маисов Күһүҥҥү ыһыы сааскытааҕар үүнүүтэ икки нэдиэлэ эрдэлиир ПАЕ МСТ
Өссө холобурдар (1)
Кэмэ кэлиэн иннинэ, эрдэ кэл (дьыл кэмин этэргэ). Θ Наступать рано, раньше срока (о временах года). Онно күһүн эрдэлээн кэлэр, Саас хойутаан сибэккилэнэр. Эллэй. Күнү-дьылы билгэлиир киин биллэрэринэн, быйыл саас эрдэлиир чинчилээх. "Кыым". Сороҕор анды көҥүлүгэр эбэлэр сайан, төһө даҕаны дьыл эрдэлээтэр, саҥардыы ырбыыланан эрэр буолаллар. И. -Андр. -А. К. булч. 2013
2 туохтуур #
Туох эмэ буолуохтаах кэмин иннинэ оҥор
Нууччалыы Делать что-л. раньше времени
Тоҕо эрэ куруорка ситэ сынньаммакка, уонча хонук эрдэлээбит. Далан Бу тоҕо эрдэлээтигит, оккутун бүтэрдигит дуо? Эрилик Эристиин Хоһуунап кулун тутардааҕы былааны лаппа эрдэлээн толорорго тыл эппитэ П. Степанов
Өссө холобурдар (2)
Тугу эмэ бастакынан, урутаан оҥор. Θ Опережать кого-что-л. в чём-л. Ньукулаас бултуу барарыгар бу сырыыга киһититтэн эрдэлээтэ. С. Никифоров Туста сылдьан Дмитрий, киһитин хамсаныытын билэрэ бэрт буолан, эрдэлиир. ВВ ТТ
3 туохтуур #
Сарсыарда эрдэ тур
Нууччалыы Вставать рано утром
Уйбаан, ханна бараары бүгүн эрдэлээтиҥ, дьэ, сүрдээх дьыбар буолбут. А. Софронов Дьон муста илигинэ дьыалатын быһаартара охсоору, эрдэлээтэ.
Н. ЛугиновСарсыарда буолбут, Уйбаан Сэмэнчигин киллэрээри эрдэлээбит Н. Түгүнүүрэп
4 туохтуур #
урутаа 2 диэн курдук. Доҕорбут кылгас үйэлэммитэ, убайыттан эрдэлээн хомоппута. Доосо. Эмээхсиним мин кэннибиттэн барыахтаах этэ, эрдэлээн, миигин тулаайахсытта. Т. Находкина