Перевод с якутского
эркээр
туохтуур
Нууччалыы не обращать внимания на что-л., привыкать к чему-л.
1 туохтуур #
Үөрэнэн хаалан аахайбат, кыһаммат буол (маҥнай туох эрэ мэһэйдиири, аралдьытары этэргэ)
Нууччалыы Не обращать внимания на что-л., привыкать к чему-л. (напр., к постороннему шуму, к чему-л. отвлекающему)
Бастаан утаа тыаска-ууска аанньа утуйбат этим, кэлин эркээрэн кыһаммат буоллум СГФ СКТ
2 туохтуур #
Доҕордуу, эйэҕэс сыһыаннаах буол
Нууччалыы Относиться к кому-л. тепло, по-дружески
Кини табаарыһыгар киһилии тапталынан эркээрэрэ, өстөөхтөргө өргөстөнөрө – тимирдээҕэр кытаанах. В. Маяковскай (тылб.)
3 туохтуур #
ан эрэ үөр-көтөҕүлүн
Нууччалыы Придти в приподнято радостное настроение
Итии салгын минньигэс баалыттан эҕирийэ ыймахтаан эркээрэ түспүтүм. П. Ядрихинскай Эйэҕэс хаана эркээрэн туран, Имигэс тылынан Элэҥ-сэлэҥ кэпсэтэлии турбута – Оннук эбитэ үһү Д. Говоров