ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

эрчиллии

аат тыл

Нууччалыы упражнение для приобретения каких-л. навыков, умений, тренировка

1 #

Тугу эрэ сатыыр-тулуйар буоларга үөрэнии, онно хат-хат дьарыктаныы

Нууччалыы Упражнение для приобретения каких-л. навыков, умений, тренировка

  • Ити кэнниттэн сыыйа сэрээккэ оҥоруутугар киирэр, Эрчиллиилэрин аһара кыһаллан, Хос-хос хатылыыр.
    Н. Лугинов
  • Эт-хаан өттүнэн эрчиллии, үлэҕэ, булка үөрүйэх буолуу киһи үйэтин уһаталлар.
    Т. Сметанин
  • Тустуук ханнык баҕарар эрчиллиини табатык, эрчимнээхтик оҥоруохтаах.
    АГГ ХТ

2 #

Оҕо билиитин чиҥэтэр соруктаах үлэ көрүҥэ

Нууччалыы Работа по закреплению знания учащегося упражнения, задача

  • Саха тылыгар эрчиллиилэр хомуурунньуктара.
  • Учуутал быраабыланы -- ситэри эрчиллии эрэ түмүгэр бигэтик биллэрэр кыахтааҕын умнуо суохтаах. СОТТҮө. Эрчиллиилэр эрчийэр эрэ сыаллаах буолбакка, сороҕор кэлэр уруокка бэлэмнэнии курдук эмиэ тэриллиэхтэрин сөп.
    ПНЕ СТ

«Э» буукуба