Перевод с якутского
эрэйдэн
туохтуур
Нууччалыы страдать, мучиться, маяться
English to suffer
1 туохтуур #
Сыраҕын-күүскүн биэр, улахан муҥу көрүс (хол., күүстээх үлэҕэ, сэриигэ, ыарыыттан)
Нууччалыы Страдать, мучиться, маяться
Кини өссө да өргө диэри утуйбакка, илдьирийбит этэ нүөлүйэ, тоһуттубут уҥуоҕа дьаралыйа, мунчаарбыт өйө-санаата эрэйдэнэ сытта. Амма Аччыгыйа [Оҕонньор] кэпсиир – хамначчыт сылдьан хайдах эрэйдэммитин, сору-муҥу көрбүтүн.
Суорун ОмоллоонМанна дьон сирэ суох эрэйдэнэрэ, оттон сир дьоно суоҕуттан ытыыра Л. Попов
2 туохтуур #
Үлэҕэ, олоххо эриллэн, буһан-хатан таҕыс
Нууччалыы Возмужать, закалиться в труде, в житейских трудностях
Ат оҕус көлүллэн үөскүүр, уол оҕо эрэйдэнэн улаатар. И. Сосин Куоракка хааллахпына, бастаан эрэ эрэйдэниэм, онтон көстөн иһиэ Чолбон
3 туохтуур #
Түбүгүр, сүпсүгүр
Нууччалыы Хлопотать, суетиться, не знать покоя, беспокоиться. [Эмээхсин:] Эрэйдэнэн-эрэйдэнэн иитэн бараммыт оҕобутун кэнниттэн көрөн хаалыахпыт буоллаҕа
Биһиги ханнык эрэ дьаҥ дуу, сөтөл дуу эбитэ буоллар, бачча ыраах сиргэ кэлэн да эрэйдэниэ суох этибит. Н. Якутскай Дьон тура-олоро сатаан бэркэ эрэйдэннилэр. Тиэтэйэллэрэ даҕаны сүрдээх, тэһийбэттэрэ да бэрт
Н. Лугинов