ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

этирик

аат тыл

Нууччалыы железный дугообразный скобель

Ис хоһооно · 5

1 аат тыл #

, эргэр

  • Бөдөҥ тоҥуулаах рашпиль эбэтэр этирик тимир суох буоллаҕына оҥоһуллуохтаах муос ньуурун бытархай тиистээх быһах эрбиинэн ааллахха, оллура-боллура көнүөн сөп
    ПСН УТС

2 аат тыл #

Тирии ис субатын кыһыйарга аналлаах токур тимир, кэдэрээн

Нууччалыы Железный дугообразный скобель (для обработки кожи)

3 аат тыл #

Таҥаһы аалан сууйарга аналлаах, долгун-долгун курдук быһыылаах тимиртэн оҥоһуллубут тэрил

Нууччалыы Стиральная доска

  • Татыгыр курдук Тамыйах ыстааннаахтар, Этирик курдук Эмчиирэ этэрбэстээхтэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Көрүөххэ сүрүн ньии: тураах атах, Сигэ бордообут ыстаан иитэ, Көтөҕө үүммүт чохоҕор кэтэх, Этириктээх икки илиитэ
    Таллан Бүрэ

4 аат тыл #

Уустугурдуу (ханнык эмэ дьыаланы); эрэй, кыһалҕа

Нууччалыы Затруднение; осложнение; сложности

  • Үгүс-элбэх этиригэ суох, уруккуттан сөбүлүүр идэтинэн үтүмэхситтиэн санаталыыр.
    Н. Борисов
  • [Табаары] Алаҕар, Мугудай нэһилиэгин олохтоохторо бэрт эрэйинэн, үгүс этиригинэн Дьокуускайтан көлөнөн тиэйэн аҕалаллара
    ХС

5 этии #

Этиилэр

Этирик түөстээ, иҥиир тараһалаа

иҥиир тараһалаа, этирик түөстээ диэн курдук (көр иҥиир).

  • Үлэ миигин үйэм тухары бу айылаах гынна… Иҥиир тараһалаата, этирик түөстээтэ, кылгас сонноото.
    Суорун Омоллоон
  • Бар дьону Этирик түөстээн, иҥиир тараһалаан, Байар-тайар бардам судаарыстыбалар.
    М. Тимофеев-Терёшкин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. хак. изрек, алт. эдрек ʽкожемялкаʼ

«Э» буукуба